Сунтаар улууһун Аллаҕатыгар уонна Ньурба оройуонун Быһыттааҕар итирдэр утаҕы атыылааһын бобулунна. Маннык быһаарыыны Ил Түмэн депутаттара ылыннылар.
Көҕүлээһини нэһилиэнньэлээх пууннар бэрэстэбиитэллэрэ оҥордулар, суруйар ЯСИА.
Нэһилиэктэр баһылыктара мунньахха эппиттэринэн, арыгы атыытын бобуу нэһилиэнньэ уопсай мунньаҕынан ылыныллыбыт. Кинилэр бэлиэтээбиттэринэн, маннык быһаарыныы сэлиэнньэҕэ чөл олоҕу тутуһар киһи ахсаана элбииригэр төрүөт буолуоҕа.
Билигин Аллаҕаҕа 430 киһи олорор, итирдэр утахтар дэриэбинэҕэ 2010 сылтан атыыламматтар. Быһыттаахха 380 киһи олорор, арыгы 2014 сылтан атыыламмат.