Саха сирин дзюдоистара Russian judo tour норуоттар ардыларынааҕы турнирга кыттыахтара

Фото: Дьулустаан Сергеев/ ЯСИА

Саха сирин үс дзюдоиһа Хабаровскайга Russian judo tour норуоттар ардыларынааҕы турнирга кыттарга бэлэмнэнэр.

Турнирга Саха сирин спортсменнарын сэргэ Монголия, Индия, Беларусь өрөспүүбүлүкэтин, Армения уонна Израиль дзюдоистара кыттыахтара, суруйар СИА.

Саха сириттэн Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа Юлия Аман (70 кг), Уһук Илиҥҥэ призердар Фахриддин Комилов (60 кг) уонна Магомед Аушев (73 кг) кыттыахтара. Күрэхтэһии түһүмэхтэринэн ыытыллар.

Барыта 400 спортсмен 14 ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ.

Бириис пуондата 7 мөл солк тахса.

Russian judo tour муус устар 1–2 күннэригэр Хабаровскайга «Платинум арена» тэрийиэҕэ. Быһа трансляция Россия дзюдоҕа Федерациятын ютьюб-ханаалыгар барыаҕа.

This post was published on 30.03.2023 11:28 11:28