Быйыл кулун тутар 2 күнүттэн ыла ДНР Докучаевскайыгар (өрөспүүбүлүкэ шефтэһэр куората) СӨ быраастарын биригээдэтэ үлэлиир, НВК Саха суруйар.
«Быраастар балыыһаҕа экстреннэй пациеннарга төгүрүк суукка устата консультацияны оҥороллор, хирургия салаатыгар бары ыарыһахтары көрөллөр. Докучаевскай куоракка быраастар уопсайа 350-тэн тахса эпэрээссийэни оҥордулар», — диэн атырдьах ыйын 26 күнүгэр СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин медицинскэй көмөтүн департаменын сүрүн исписэлииһэ Анастасия Эверстова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини бэлиэтииринэн, билигин Докучаевскайга хирург уонна анестезиолог-реаниматолог быраастара үлэлии сылдьаллар. Балаҕан ыйыгар травматолог-быраас үлэлии тиийэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа 6 улахан уонна 19 кыра эпэрээссийэни оҥордулар.