Саха сирин салалтата дойду бырабыыталыстыбатыттан санавиацияҕа көрүллэр субсидияны эбэн биэрэригэр көрдөстө. Санавиацияны сайыннардахха эрэ хаачыстыбалаах уонна түргэн медицина көмөтүн оҥоруохха сөбө этилиннэ, ТАСС суруйар.
Ол туһунан дойду вице-премьера — Уһук Илиҥҥэ РФ президиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Нерюнгри куоракка ыыппыт мунньаҕын түмүгүнэн регион бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйда.
«Юрий Трутнев Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр санавиация сайдыытыгар ыытыллар үлэлэр тустарынан этиитин иһиттэ уонна сорудаҕы федеральнайдааҕы доруобуйа хаыстабылын министиэристибэтигэр биэрдэ«, — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Трутнев бэлиэтээбитинэн, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын икки арда бэйэ-бэйэлэриттэн олус тэйиччилэр, онон хаачыстыбалаах уонна түргэн медицина көмөтүн оҥорууга олус уустуктардаах. Билигин пандемия кэмигэр бу олус кыһарҕаннаах боппуруос буолара этилиннэ.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа пандемия саҕаланыаҕыттан 12 036 киһи коронавирустаата. Үтүөрдэ — 6 178, олохтон туораата — 108. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2 583 куойка миэстэ таһаарылынна, ол иһигэр 173 реанимационнай-медицинскэй оборудованиенан толору хааччыллыбыт. Мунньах кэмигэр маны сэргэ хотугу уона Арктика улуустарыгар, бастатан туран, медицина үлэһиттэрин харыстыыр сыалтан вакцинанан хааччыйыы боппуруоһун быһаарыстылар.
«Хааччахтыыр миэрэлэр экономикаҕа уонна социальнай эйгэҕэ охсуулаахтар. Бюджет эбии ороскуоттары сүгэр. Балаһыанньаны хонтуруолга тутабыт, көмөлөһүөхпүт», — диэтэ Трутнев.