Үгэскэ кубулуйбут «Саха сирин балыга» быыстапка-дьаарбаҥка Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар алтынньы 25 — 27 күннэригэр буолар. Арктика оройуоннарыттан балыгынан дьарыктанааччылар бородууксуйалара туруоруллуоҕа.
«Быйылгы быыстапка 14 төгүлүн ыытыллар. Кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэр. Быйыл уонтан тахса тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ кыттар былааннаах, Арктика улуустарыттан общиналар, Булуҥ, Усуйаана, Аллайыаха, Аллара Халыма, Кэбээйи улуустарыттан балыгы астыыр предпринимателлэр бородууксуйаларын туруоруохтара. Быыстапка 10 — 17 чааска үлэлиэҕэ»,- тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, дьаарбаҥка кэмигэр уопуттаах маастардар дьон атыылаһан сииригэр балыгы кыһыахтара. Киирбит үбү анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ ыытыахтара.