23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин баһылыгын харыйата быйыл оҕолору түмүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин баһылыгын харыйата быйыл үгэс буолбут форманан ыытыллыаҕа. Бу туһунан  Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга быһа биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ.

«Дойдуга буола турар быһыынан-майгынан уонна анал байыаннай операциянан сибээстээн корпоративтары тэрийии наһаа үчүгэйэ суох. Онон улахан дьоҥҥо бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри ыытартан биһиги туттуннубут. Билигин тэрилтэлэргэ улахан бырааһынньыктары тэрийэр бириэмэ буолбатах. Ол эрээри, оҕолортон саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгы былдьыыр сатаммат. Оҕолорго ананар саҥа дьыллааҕы дьаһаллар барыта буолаллар. Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоругар ураты болҕомтону ууралларыгар көрдөстүм. Ол иһигэр үөрэнээччилэр үгэс буолбут саҥа дьылааҕы харыйа бырааһынньыга олохтоммут форманан ыытыллыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, саҥа дьыллааҕы үөрэнээччилэр сүрүн бырааһынньыктарыгар кыттар уонна биир кэмнээх стипендияны ылар чиэскэ үөрэххэ, спорка, наукаҕа уонна искусствоҕа үрдүк ситиһиилэрдээх  хотугу регион бары муннуктарыттан сэттэ сүүс оҕо тиксэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА