22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин баһылыга «Сургутнефтегаз» хампаанньа дириэктэрин кытта көрүстэ

11:31, 03 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Айсен Николаев Ханты-Мансийскайга оробуочай сырыытын кэмигэр «Сургутнефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Владимир Богдановтыын көрүстэ.

««Сургутнефтегаз» 18 сылын Саха сирин территориятыгар үлэлиир, сылын аайы 10 мөл туоннаттан тахса ньиэп хостуур. Хампаанньа билигин геологическай чинчийиилэри Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Булуҥ оройуоттарыгар ыытар.

Былааннарыгар — геологическай чинчийиилэри ыытыы уонна оҥорон таһаарыыны сайыннарыы, ол иһигэр Арктика эргимтэтигэр.

«Сургутнефтегаз» Саха сиригэр бөдөҥ нолуок төлөөччүнэн буолар, улахан кылаатын киллэрэр.

Хампаанньаҕа 1,5 тыһ Саха сирин олохтооҕо үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүн сайдыытыгар улахан өҥөлөөх. Экологиябытыгар олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар», – диэтэ Айсен Николаев.

Сиһилии https://ysia.ru/glava-yakutii-vstretilsya-s-direktorom-kompanii-surgutneftegaz/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА