22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэрдилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр санкциялар усулуобуйаларыгар экономиканы уонна нэһилиэнньэни өйүүр бастакы уочараттаах миэрэлэри учуоттаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэрдилэр. Бу сокуон барылын СӨ судаарыстыбыннай уочараттаах пленарнай мунньаҕар (Ил Түмэн) ылыннылар, диэн СИА-ҕа регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Уларытыылар сүрүн сыаллара – биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторугар олороллоругар уонна үлэлииллэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийии», — диэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сокуон барылын туруорсуу кэмигэр бэлиэтээтэ.

2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бүүдьүөтүн дохуотун уопсай кээмэйэ 4,9 млрд солкуобайынан улаатыаҕа уонна 275 млрд солк. кэриҥэ буолуоҕа. Дохуот хостуур хампаанньалар төлүүр нолуоктарын суотугар үрдүүр. Быйылгы сылга ороскуот кээмэйэ 4,5 млрд солк. улаатыаҕа, үп-харчы экономиканы өйүүр дьаһалларга ыытыллыаҕа.

Ол курдук, нэһилиэнньэни өйүүргэ эбии 1,8 млрд солк. бэриллэр, итинтэн 412 мөл. солк. 8-тан 16- гар диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүрдэригэр барыаҕа. Олорор сирдэрин уонна дьиэ кэргэннэрин дохуоттарыттан көрөн 40 тыһыынчаттан тахса оҕо 9 729-тан 23 229 солк. диэри көмө ылыахтара.

Маны таһынан, социальнай контракка олоҕуран, социальнай көмө кээмэйин улаатыннардыбыт. Бу сыалга 72 мөл. солк. көрүлүннэ. 2022 сыл кулун тутар 1 күнүн кэннэ үлэлэрин сүтэрбит дьоҥҥо социальнай контракт түһэриигэ 30,6 мөл. солк. бэрилиннэ.

Ону тэҥэ, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнаһы үрдэтиигэ 1 млрд солк, 231 мөл. солк. – эминэн эбии хааччыйыыга анаатылар.

Кыаммат-тиийиммэт дьоҥҥо  социальнай газтааһыҥҥа биир кэмнээх аадырыстаах көмө кээмэйин улаатыннарыыга 80 мөл. солк. эбии уурулунна.

Инвестициялары уонна үп институттарын өйүүр дьаһаллар тустарынан этэр буоллахха, үбүлээһин кээмэйэ 1,2 млрд солк. тахса, итинтэн 1 млрд солк. экономика дьиҥнээх секторын кредиттээһиҥҥэ уонна ас-үөл куттала суох буолуутун хааччыйыыга, оттон 263 мөл. солк. IT-хампаанньалары үп-харчы өттүнэн өйөбүлгэ, ол иһигэр үлэ үбүн уонна тас дойдуттан киирэр бородууксуйаны солбуйууга, үлэ миэстэтин онунан хаалларыыгар  ыытыллар.

Улуустар икки ардыларынааҕы көтүүлэри субсидиялааһыҥҥа 175 мөл. солк.,олорор дьиэ тутуутун бырайыактарын олоххо киллэриигэ 1,2 млрд солк. кэриҥэ үп барыахтаах.

Ону таһынан, тутуу матырыйаалларын сыаната үрдээбитинэн сибээстээн, бүддьүөтү хат тыырдылар, тутуу уонна тырааныспар эйгэтигэр өйөбүл үбү үрдэттилэр. Маны тэҥэ, оҕолор сынньалаҥнарын тэрийиигэ эбии үп уурулунна.

«2022 уонна 2023-2024 сыллардааҕы былааны Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай бүддьүөтүн туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар киллэрдилэр.

Напомним, ранее в Якутии приняли пакет мер по обеспечению устойчивого развития республики в условиях санкций. Общий объём поддержки составил порядка 15 млрд рублей. При этом принятый план предусматривает не только финансовую поддержку самых разных сфер экономики, но и снижение административных барьеров для предприятий.

Санатан эттэххэ, урут Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ туруктаах сайдыытын хааччыйыыга дьаһаллар пакеттара ылыллыбыттара. Өйөбүл уопсай кээмэйэ 15 млрд солк. кэриҥэ буолбута.

Мария Васильева түһэриитэ, ЯСИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА