«СӨ ОДьКХ» ГУТ быйыл «Инфраструктурное меню» бырагырааманан итиини биэрэр эбийиэктэри тутууну уонна өрөмүөннээһини саҕалыаҕа. «Фонд содействия реформированию ЖКХ» судаарыстыбаннай корпорация өйүүр, СИА-ҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
РФ регионнарын сайыннарыыга мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев алта оройуоҥҥа ОДЬКХ эйгэтин саҥардыыга киллэрбит сайаапката биһирэммитэ. Бырайыак быһыытынан уопсай күүһэ 67,86 МВт кыамталаах 9 итиини биэрэр эбийиэк «Фонд национального благосостояния» тэрилтэнэн үбүлэнэр. Суума кээмэйэ 1,449 млрд солк, эбии 362 мөл солк ОДьКХ ГУТ бэйэтэ уйунар.
2022 сылга Таатта Чычымаҕар «Новая школа» механизированнай хочуолунай, кыаҕа 7,2 МВт уонна 9 пог. км уһуннаах ититэр ситим трассата тутуллар. Эргэ «Школа» уонна «Центральная» хочуолунайдар оптимизацияланаллар.
Мэҥэ Хаҥалас Суола-Моорукка «Морук-1» (1,2 МВт) хочуолунай тутуллар, оттон Амма Абаҕатын Емельяновкатыгар модульнай хочуолунай (2,4 МВт) көһөрүллэр.
Сиһилии https://ysia.ru/v-selah-shesti-rajonov-yakutii-postroyat-novye-kotelnye/