Саха сиригэр 24 диэри саастаах ыччат ортотугар үлэтэ суох буолуу ахсаана аҕыйаата, 13,5%, оттон 29 диэри сааһыгар – 8,9% диэри түстэ. Ол туһунан дьарыктаах буолуу киинин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйаачччы Анастасия Позднякова мунньахха эттэ.
Ыччат дьарыктаах буолуутугар анаммыт 2030 сылга диэри бырагырааманы бырабыыталыстыбаҕа дьүүллэстилэр. Вице-премьер Георгий Степанов ыытта.
Онно этиллибитинэн, сыаллаах бырагыраама иккис кыбаартал түмүгүнэн көрдөрүүтэ толору туолла. Холобур, 24 диэри саастаахтарга былаан 14% эбит буоллаҕына, туолуута 13,5%, 29 диэри саастаахтарга 11% былаан, туолуута — 8,9%.
Идэни баһылаабыт ыччаты үлэнэн хааччыйыыга сыаллаах үлэ барбытын түмүгэр маннык таһым көстөрүн эттилэр.