Саха сиригэр барыта 435 тыһыынча туонна дороххой аһылык бэлэмнэниэхтээх. Бу туһунан бүгүн, от ыйын 24 күнүгэр, брифиҥ кэмигэр СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров иһитиннэрдэ.
Номнуо нэдиэлэ курдук Саха сиригэр от охсуута саҕаланна. Маассабай үлэҕэ 4488 звено тахсыбыта, 12900 киһи уонна 5688 тыраахтыр тардыллыбыта. От ыйын 24 күнүнээҕи туругунан Саха сирин үрдүнэн 37841 гектар охсулунна, 23 632 туонна от бэлэмнэннэ, эбэтэр былаан 5 %-на бэлэмнэннэ.
Оттооһуҥҥа улуустарынан бастыҥнар: Уус Алдан (3 352 туонна), Нам (2 963 туонна), Хаҥалас (2 425 туонна), Сунтаар (2 127 туонна) уонна Ньурба (2 104 туонна).
Миниистир этэринэн, курааны кытта сибээстээх кыһалҕалар 8 улууска бэлиэтэммиттэр, сүрүннээн Өлүөнэ өрүс уҥуоргу, ону тэҥэ Горнай, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар.
«Бүгүн бары улуустарга мобильнай биригээдэлэр тэриллэллэр. Мобильнай биригэдьиирдэргэ 57 тыһыынча туонна оту бэлэмниир сорудах бэрилиннэ. Урукку сылларга сүөһү аһылыгын саппааһын учуоттаан, Саха сиригэр 44 тыһыынча туонна кэриҥэ тонна курдук, эбэтэр 97-98% былааны толорууга тахсыахтаахпыт», — диэн миниистир Артем Александров бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, от ыйын 11 күнүгэр Таатта улууһугар Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна муниципальнай улуустарынан мобильнай биригээдэлэри тэрийэр уонна ыраах улуустарынан үлэни саҕалыыр туһунан сорудах биэрбитэ.