«Валдай» уонна «Восход» уу ааллара Өлүөхүмэҕэ диэри алтынньы 10 күнүгэр диэри сылдьыахтара. «Ленатурфлот» тэрилтэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан пассажирдары таһар «Нептун» суудунатын, быһа холоон, алтынньы 30 күнүгэр диэри үлэлэтиэҕэ. СИА-ҕа «ЛОРП» пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«ЛОРП» туһааннаах управлениета иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйынааҕы тиэйэр-таһар былаан туолла. Бүгүҥҥү туругунан, 1 300 тыһ туонна таһаҕас миэстэтигэр тириэрдилиннэ, ол иһигэр 420 тыһ туонна уматык.
Алтынньы 1 күнүнээҕи дааннайынан, Арктикаҕа уунан сырыы алтынньы 15 күнүгэр диэри көҥүллэннэ. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан «Нептун» сырыытын алтынньы 30 күнүгэр диэри уһаттылар, оттон Өлүөхүмэҕэ айанныыр«Валдай» уонна «Восход» уу ааллара алтынньы 10 күнүгэр диэри.
Халлаан туругуттан көрөн, сырыы болдьоҕо уларыйыан сөп.
Хаартыска Андрей Сорокин, СИА