Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн уочараттаах алтыс пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ 2024 сылга уонна кэлэр икки сыллаах бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэриини дьүүллэстилэр.
Гаврил Парахин 2024 с. успуорка 7,2 млрд. солк. көрүллүбүтүттэн үөрэрин, ол да буоллар, син биир ити салааҕа харчы тиийбэтин туһунан эттэ. Судаарыстыбаттан үбүлэнэр сонуну киэҥ эйгэҕэ тарҕатар салааҕа 2 млрд. солк. тоҕо эбии көрбүттэрин токкоолосто. Кини успуорт 26 көрүҥүнэн күрэхтэһиилэргэ барарга бүддьүөккэ харчы суоҕуттан сылтаан, оҕолор атын куораттарга көтөр кыахтара суоҕун, талааннаах оҕо үксүн кыаммат ыалга төрүүрүн бэлиэтээтэ. Оҕону сайыннарарга, кыаҕын арыйарга, күрэхтэһиигэ ыытарга төрөппүттэр уонна тириэнньэрдэр харчыны көрдүүллэрэ сыыһатын биллэрдэ. Успуорт сайдыытыгар улахан болҕомтону уурдахха, ыччат ортотугар буруйу оҥоруу аҕыйыан, чөл олоххо тардыһыы күүһүрүөн сөбүн, ону таһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону өйүүргэ үп-харчы наадатын эттэ.
Дьокутаат урбаанньыттарга судургутуллубут нолуок ыстаапката үрдүөн иннинэ 1 мөл. солк. дохуоттарыттан 10 000 солк. төлүүллэрин, оттон билигин 44 000 солк. төлүөхтээхтэрин иһитиннэрдэ. Ону таһынан, хамнаһы, хомунаалынай өҥөнү, сылаас гарааһы төлүүргэ ороскуоттарын аахта. Онон урбаанньыттар атын суолу-ииһи көрдүүргэ күһэллэллэрин биллэрдэ.
Ааптар: Марианна Тартыкова, Саха Парламент саайт
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.