Социальнай ситимнэргэ уонна мессенджердарга муус устар 1 күнүттэн Саха сиригэр улуустар икки ардыларынааҕы автобус сырыыта тохтоото, Дьокуускайга киирии-тахсыы бобулунна диэн сурах тарҕанна. ИДьМ өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-сулууспатыгар СИА сигэнэн суруйарынан, бу сымыйа.
«Уважаемые жители, с 01.04.2020 прекращается межрайонное автобусное сообщение. На выезде из каждого районного центра в направлении Якутска и при въезде в город будет предусмотрен пост для ограничения движения транспорта. В связи с этим Якутск с 00.00 часов 1 апреля закрывается, въезд и выезд будет не возможен, в последующем все большие города республики. С первого апреля будут привлекать по ст. 6.3 КоАПРФ, штраф 40 тыс рублей», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Полиция үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлэммэтэх иһитиннэриилэргэ итэҕэйбэккитигэр ыҥыраллар. Кутталы үөскэтэр уонна уопсастыбаннай бэрээдэги кэһэр уопсастыбаннай-суолталаах сымыйа иһитиннэриилэри тарҕатааччылар РФ КоАП 13.15 ыст. 9 п. административнай эппиэтинэскэ тардыллалларын санатар. 30 000 — 100 000 диэри ыстарааптаах. Ураты түгэннэргэ холуобунай дьыала тэриллиэн сөп.