22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыһыы иэнин 1200 гектарынан кэҥэтиэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ бары хаһаайыстыбаларыгар 49,2 тыһ. гектар иэннээх сири тыа хаһаайыстыбатын култууратынан ыһыы былааннаммыт, ити былырыыҥҥытааҕар 1200 гектарынан элбэх. Мантан 10,7 тыһ. гектарга туорахтаах култууралар ыһыллыахтара, сүөһү аһылыга 30,5 тыһ. гектарга, ол иһигэр сүөһү аһылыгын култууралара 16 тыһ. гектарга уонна элбэх сыллаах оттору 14,5 тыһ. гектарга олордуохтара, диэн СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата кэпсиир.

Билигин санкциялар усулуобуйаларыгар импорты солбуйууга биир сүрүн салааларыттан биирдэстэрэ тыа хаһаайыстыбата буолар. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны улаатыннарар сорук туруорбута.

Саха сиригэр быйыл хортуоппуйу 6,58 тыһ. гектарга ыһар былааннанар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга 2,7 тыһ га сиргэ олордоҕут диэн былаан тиэрдилиннэ.  Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук элбэх хортуопуй «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурукка – 1228 гектарга, Өлүөхүмэ оройуонугар 726 гектарга, Хаҥалас оройуонугар 635 гектарга, Мэҥэ- Хаҥалас оройуонугар 576 гектарга уонна Ленскэй оройуонугар 575 гектарга ыһыллар.

Аһаҕас буорга үүннэриллэр оҕуруот аһынан 1,372 тыһ. гектар иэннээх сири олордуохтара, ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 749 гектарга оҕуруот аһын ыһыы былаана тиэрдилиннэ. «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурукка 385 гектар, Мэҥэ- Хаҥалас улууһугар 140 га, Нам улууһугар 110 га уонна Жатай бөһүөлэгэр 100 гектарга олордуохтара.

Кулун тутар 28 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 4 440 туонна сиэмэ аҕалаллара былааннанар, 292,9 туоннатын тиэйиигэ дуогабар түһэрсиллибит, 1047 тоннаҕа (24%) хаһаайыстыбаларга тиэрдиллибит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл 905 туонна сиэмэ хортуоппуйу киллэрэр былааннаахпыт.

2022 с. өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар 1100 т. эбии аһылыгы (азофоска-760 туонна, карбид-160 туонна, диаммофоска -180 туонна) атыылаһааһыҥҥа былаан бигэргэммитэ.

Кулун тутар 28 күнүнээҕи туругунан, республика тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччулара 1037 тонна минеральнай уоҕурдууну эбэтэр ирдэниллэр кээмэйтэн 94 %- нын ыларга дуогабар түһэрсибиттэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА