Бастакы вице-премьер эппитинэн, этиллибит уот хас да хонукка эбиллибэккэ турдар, умайыы эмиэ бэлиэтэммэтэ. Ити эрээри статистикаттан бүгүн эрэ уһулунна, умуллубуттарын туһунан түмүктүүр быһаарыы ылынан баран.
«Онон атырдьах ыйын 1 күнүн киэһэтин дааннайынан, 95 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, уопсай иэнэ 600 тыһыынча га. Онтон аҕыһа бохсулунна, ити 42 тыһыынча га, ол иһигэр Өлүөхүмэ улууһугар Куду Күөллээҕи улахан баһаар, итиэннэ Дьааҥыга Токума сэлиэнньэҕэ кутталы үөскэппит уот», — диэн суруйда Дмитрий Садовников телеграм-ханаалыгар.
Уустук балаһыанньа, салайааччы эппитинэн, Өлүөхүмэ уонна Үөһээ Бүлүү оройуоттарыгар баар. «Ити эрээри эрдэтээҥитин курдук ыксаллаах буолбатах, нэһилиэнньэҕэ куттал үөскээбэт», — диэтэ Садовников.
Ойуур уотун кытта охсуһууга 1700 киһи уонна 150 техника үлэлиир.