Ааспыт күһүн сылаас, кыһынын хаар халыҥ буолан, хайалаах тайҕа уонна тайҕа зоналарыгар таба маассабай төрүөҕэ былырыыҥҥытааҕар арыый хойутаан түмүктэннэ, суруйар edersaas.ru
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үгэс буолбут хотугу салаалары уонна балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарыыга салаатын салайааччы Иннокентий Баланов иһитиннэрбитинэн, 32 333 тугут ылыллыбыт.
Улуустарынан ыллахха, үчүгэй көрдөрүүнү Усуйаана (6026 тугут), Аллара Халыма (4596 тугут), Анаабыр (3550 тугут) ситистилэр. Атыттар да хаалсыбатыгар, булуҥнар 2688, муомалар 2672, эбээн бытантайдар 2467, өймөкөөннөр 2245, өлөөннөр 1599, кэбээйилэр 1550, нерюнгрилар 1293 тугуту ылбыттар. Бэс ыйын 10 күнүнээҕи чахчынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбаларга холбоон, 174 408 таба баар.
Министириэстибэҕэ отчуоттуур, табаны иитиигэ идэтийэр 106 хаһаайыстыбаҕа, таба биригээдэлэригэр 1221 табаһыт уонна чуумсук үлэлииллэр.