Саха сирэ 2023 сылга үктэнэригэр табатын ахсаана 171 тыһ төбө, бу былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, 5% элбэх.
Саамай элбэх табалаах улууһунан Усуйаана буолар, манна 31 тыһ төбө. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эппитинэн, манна төбө ахсаанын 35 тыһ тириэрдэ сылдьыбыттара. Оройуон бу көрдөрүүтүн икки-үс сылынан ситиһэр былааннаах.
2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ таба төбөтүгэр көрүллэр субсидия 5 335 солк улааппыта. Таба хаһаайыстыбаларыгар базалар, харааллар тутуллаллар, техника ылыллар. Чуум үлэһиттэрин социальнай харысхалларыгар туспа үлэ барар.
Саха сирэ дойдуга табатын ахсаанынан үһүс миэстэҕэ сылдьар. 2022 сылга — 162 тыһ тахса ааҕыллара.