2024 сылга Саха сирэ куурусса сымыытын таһаарыыга саҥа көрдөрүүнү ылар былааннаах — сылын аайы 100 мөл устуука. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Николай Афанасьев соцситимнэргэ быһа эфиргэ эттэ. Сыалы олоххо киллэриигэ саас Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар оҥорон таһаарыы сыаҕа саҥардыллыбыта, суруйар СИА.
«Дьокуускайдааҕы куурусса фабриката сымыыты таһаарыыга көрдөрүүтэ үчүгэй: 2024 сылга биһиги сымыыты оҥорон таһаарыыны сылын аайы 100 мөл тириэрдиэхтээхпит. Россияҕа уонунан собуоттар бааллар, онно биир кууруссаттан сылга 320 сымыыты ылаллар. Бу үчүгэй көрдөрүү, Дьокуускайдааҕы фабрика оннук үлэлиир», — диэтэ Николай Афанасьев.
Кини эппитинэн, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын бородууксуйата куорат олохтоохторугар биллэр. 2020 сылга оҥорон таһаарыылара улаатта. Тэрилтэ сылга 100 мөл сымыыты ыларга анаан эбийиэктэрин техническай былаанын тупсарар былааннаах.
Бу сыал Ил Дархан Айсен Николаевынан туруоруллубута.