«2142 дьиэ кэргэн дьыссаакка сылдьар оҕолоругар төлөбүртэн босхолонно. Маны сэргэ олорор дьиэлэриттэн чугас үөрэх тэрилтэтигэр оҕолору көһөрүү үлэтэ барар. Хонуктаах бөлөхтөргө, бастатан туран, СВО кыттыылааҕын оҕото ылыллар», — диэтэ кини.
Миниистир солбуйааччыта эппитинэн, үөрэх эйгэтигэр 11 миэрэ баар.
«2547 оҕо оскуолаҕа сылаас аһынан хааччыллар. Бу 5 — 11 кылаастар. 1580 оҕо эбии үөрэх бырагырааматыгар уһуйуллар. 95 ыал эбии уруогу ааҕыы бөлөҕөр төлөбүртэн босхолонно», — диэтэ Степан Степанов.
СВО оҕолоро сынньалаҥҥа баралларыгар путевка биэриитэ салҕанар.
«Устудьуоннарга, маны сэргэ СВО кыттыылааҕа бэйэтэ үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэригэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан төлөнөр сыаллаах дуогабар түһэрсиллэр. Күн бүгүн 36 дуогабар баар», — диэтэ салайааччы.
Анал стипендияны 1182 киһи ылар.