Саха сиригэр сууккаҕа биэс ойуур баһаарын туораттылар

Саха сиригэр сууккаҕа Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарыгар үс саҥа ойуур баһаарын буллулар, өссө биирэ Өймөкөөн оройуонугар, биэс баһаары умуллардылар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи оперативнай штаб дааннайынан, от ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, региоҥҥа 44 ойуур баһаара үлэлиир, уопсай иэнэ 46 092,5 гектар:

15 — Уус-Майа улууһугар;

8 — Алдан улууһугар;

7- Мииринэй улууһугар;

3-түү — Нерюнгри уонна Бүлүү улуустарыгар;

2-лии — Эдьигээн уонна Өлөөн улуустарыгар;

1-дии Орто Халыма, Өймөкөөн, Муома, Дьааҥы улуустарыгар бэлиэтэнэр.

Алдан, Нерюнгри, Эбээн-Бытантай, Өймөкөөн оройуоннарыгар биэс баһааны умуллардылар. Региоҥҥа уоту утары 730- тан тахса киһи үлэлиир. Бу авиалесоохрана, ойууру баһаартан харыстыыр сулууспа үлэһиттэрэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн доброволецтар уонна 20 тиэхиникэ үлэлии сылдьар.

Ааспыт сыл баччаларыгар Саха сиригэр барыта 1,5 мөл. гектар иэннээх сиргэ 251 ойуур баһаар баара.

This post was published on 15.07.2022 11:03 11:03