Саха сиригэр коронавирус 519 саҥа түбэлтэтэ биллибит, 32 киһи балыыһаҕа киирбит, 162 киһи үтүөрбүт. Ол туһунан атырдьах ыйын 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга ыарыы таһыма 74,2%, оройуоннарга – 25,8% тэҥнэһэр.
Дьокуускайга — 385.
Мэҥэ Хаҥаласка – 24;
Мииринэйгэ -21;
Хаҥаласка – 13;
Алдан оройуонугар – 10;
Нам, Сунтаар улуустарыгар -7-лии;
Бүлүү, Ленскэй, Таатта оройуоннарыгар — 5-тии;
Амма, Үөһээ Бүлүү, Ньурба оройуоннарыгар — 4-түү;
Муомаҕа, Нерюнгрига, Чурапчыга-3-түү;
Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Томпо оройуоннарыгар -2-лии;
Абый, Кэбээйи, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар -1-дии.
Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 1455 чинчийиини ыыппыттар. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 472 099 тест оҥоһуллубут.