ЫБММ оһуобай хонтуруолугар нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар сэттэ ойуур баһаара баар. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.
Ленскэйгэ Турукта сэлиэнньэтиттэн 8 км сиргэ баар, иэнэ 26 га. 13 киһи умуруорууга кыттар. Өлүөнэ эбэ аттынан устар.
Нерюнгрига Хани сэлиэнньэтигэр сопкаҕа уот турда. Тулатыгар минеральнай балаһа уурулунна. Иэнэ — 1178 га, 40 киһи уонна үс техника үлэлиир. Нэһилиэнньэлээх пууну харыстыырга «РЖД» ААУо баһаарынай поеһа бэлэм.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-sem-lesnyh-pozharov-dejstvuyut-vozle-naselennyh-punktov/