Үс күн устата, муус устар 15 — 17 күннэригэр, туристическай хампаанньалар уонна тэрийээччилэр Саха сирин уонна Уһук Илиҥҥи уокурук туристическай кыаҕын билистилэр.
«Sakha travel – 2022» тэрээһиҥҥэ Приморскай кыраай уонна Бурятия өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Бэстибээл быыстапката «Кружало» атыы-эргиэн киинигэр турда. Туроператордар бэйэлэрин сувенирдарынан, хаартыскаларынан, стартапердарынан куонкуруска кытыннылар, бородуукталарын презентациялаатылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр ыалдьыттары көрсүүнэн 2,5 тыһыынча киһи дьарыктанар. 24 туроператор 270 хайысханы оҥорор кыахтаах: экскурсия, өрөбүл күн туурдара, круизтар, уунан устуу, экстремальнай бултааһын, балыктааһын, массыынанан айан уонна экспедиция.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 360 айылҕа уонна культурнай-историческай миэстэ баар уонна 162 музей комплекса.