Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай бөдөҥ хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» микрооройуоннары хааччыйыаҕа. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эттэ.
Бастакы вице-премьер эппитинэн, хочуолунайга аҕыс уу сылытар хочуол турар, кыамтата биириин киэнэ 14 МВт, онон уопсайа 112 МВт.
«Хочуолунай бигэ туругунан бастакы категорияҕа киирэр. Толору автоматизированнай. Ити элбэх процеһы чэпчэтиэҕэ. Тохтоло суох үлэни саппааска турар электро-энергия хааччыйыаҕа», — диэн суруллар телеграм-ханаалга.