Саха сиригэр сөтүө кэмэ саҕаланыаҕыттан 30-тан тахса киһи ууга түһэн өллө, диэн быыһыыр сулууспаҕа биллэрдилэр. Быһылаан үксэ тэриллибэтэх сөтүөлүүр сирдэргэ буолар. Киһи өлүүлээх түбэлтэ Дьокуускай куорат анал пляжыгар эмиэ тахсан турардаах. Маныаха сүппүт эр киһини быыһыыр сулууспа хас да күн көрдөөбүтэ.
«Итирик туруктаах сылдьан сөтүөлээбэт ордук. Тыыга, суудуналарга, катердарга, катамараннарга чугаһыыр кутталлаах. Төрөппүттэр оҕолорун хонтуруолларын күүһүрдүөхтэрин наада. Ол да буоллар, кытылтан тэйиччи таҕыстаххытына уолуйан, туох баар күүһү ууран туран сүүрүгү утары биэрэк диэки харбаабат ордук. Маннык түгэҥҥэ көхсүгүнэн сытан, сынньана түһэн, сүүрүк хоту чугас биэрэккэ устар быдан табыгастаах. Сүүрүк сир аайы күүстээх буолбат, өйдөөн көрөн арыый да сүүрүгэ суох сир диэки талаһыаххытын наада»,-диэн СӨ быыһыыр этэрээтин начальнига Максим Батуев сүбэлиир.
Быыһыыр сулууспа биир кэлим төлөпүөнэ 112, СӨ быыһыыр дьуһуурунай сулууспатын төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19.