Ил Дархан уонна стратегическай көҕүлээһин ааҕыныстыбата промышленнай туризмы сайыннарыыга сөбүлэҥ түһэристилэр. Сөбүлэҥ «Промышленный туризм – стратегия 4P» диэн стратегическай сессия кэмигэр баттанна. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
«Саха сиригэр промышленнай туризм сонун сүүрээн буолар. Бастакы хардыылар «АЛРОСА» хампаанньаны кытары оҥоһуллуохтара. «Мир» трубка аан дойдуга саамай дириҥ, алмааһы сэдэх, ураты ньыманан хостуур карьер. Бу туһунан аан дойду туристара билиэхтэрин баҕарабын», — диэн Айсен Николаев тыл эттэ.
Ил Дархан Нерюнгритааҕы чоҕу хостуур «Колмар» тэрилтэ туризмы сайыннарар самалык тэрилтэ тэриммитин, чоҕу хостуур бырамыысалыннас туспа интэриэһинэй өрүттэрдээҕин туһунан эттэ. Маны таһынан туристары өбүгэ төрүт дьарыктарынан угуйуохтара. Саха сирэ тимир, мас уустарынан, иистэнньэҥнэринэн биллэр.
Стратегическай көҕүлээһин ааҕыныстыбатын салайааччытын солбуйааччы Ольга Захарова сыл аҥарын иһинэн туристар Саха сиригэр баран алмаас, чох хайдах хостонорун, туох тиэхиньикэ үлэлиирин илэ харахтарынан көрүөхтэрин баҕарарын туһунан эттэ. Кини Саха сирэ промышленнай туризмҥа инникилээҕин эттэ.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/glava-yakutii-i-agentstvo-strategicheskih-initsiativ-podpisali-soglashenie-o-sotrudnichestve-v-sfere-razvitiya-promyshlennogo-turizma/