22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр племенной үлэ үрдүк таһымҥа тахсарыгар бигэ акылаат уурулунна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Сахаагроплем” судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ сэтинньи ыйы байанайдаахтык саҕалаата. Племенной үлэ билиҥҥи туругун уонна инникитин туһунан Арассыыйа учуонайдара уонна дойду уһук илиҥҥи эрэгийиэннэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытарыгар тоҕооһуннаран, быйыл саҥалыы сөргүтүллүбүт икки эбийиэгин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда.

Бастакынан, азоту уонна кислороду оҥорон таһаарар ыстаансыйа кыамтатын улаатыннарар туһуттан саҥа тэрилинэн сэбилэммит блок үлэҕэ киириитин бэлиэтиир сиэр-туом ыытылынна. Маннык ыстаансыйа Саха сиригэр соҕотох. “Сахаагроплем” СБТ салайааччыта, бэтэринээрийэ билимин хандьыдаата Алексей Жирков этэринэн, мантан инньэ өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын уонна мэдиссиинэтин бүтүннүү хааччыйыахтарын сөбүн таһынан атын эрэгийиэннэргэ атыылыыр кыах үөскээтэ.

– Ил Дархан Айсиэн Николаев сорудаҕынан азот-кислород ыстаансыйатын аныгылыы сэбилииргэ киэҥ хабааннаах үлэни ыыттыбыт, – диир Алексей Дмитриевич. – Ол түмүгэр тэрилтэбит убаҕас азоту уонна убаҕас кислороду оҥорор кээмэйин бырамыысыланнай таһымҥа таһаарар кыахтанна. Эрдэ убаҕас азоту сууккаҕа 1 туоннаны оҥорон таһаарар буоллахпытына, билигин 3,6 туоннаҕа, оттон убаҕас кислороду эмиэ 1 туоннаттан 4 туоннаҕа диэри элбэтиэхпит. Биһиги азоппут хаачыстыбата – 99,9%, кислороппут – 99,8 %. Онон, ынаҕы искусственнай сиэмэлээһининэн киэҥник хабарга усулуобуйа толору баар буолла. Инникитин бырамыысыланнай гаһы оҥорон таһаарар буолуохпут. Өссө углекислай гаһы үөрэтэ сылдьабыт. Быһата, былааммыт баһырхай.

Ыстаансыйа кыамтатын улаатыннарар сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 94 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Саната таарыйа суруйдахха, бу ыстаансыйа дьиэтэ-уота, сэбэ-сэбиргэлэ сопхуостар эстэллэрин саҕана, 1992 сыллаахха, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үбүгэр “Североагропромхимия” производственнай холбоһукка анаан тутуллан-таҥыллан киирбит. Онтон 1995 сыллаахха “Дьокуускайдааҕы” племенной үлэ производственнай холбоһук балаансатыгар көһөрүллэн, салгыы “Сахаплемхолбоһук” АУо бас билиитигэр киирэр итиэннэ 2019 сылтан тэрилтэ нэһилиэнньигэр, “Сахаагроплем”-ҥэ, бэриллэр.

Бу эбийиэккэ бүтэһигин 2015 сыллаахха хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Ол кэмҥэ атыылаһыллыбыт икки модун мотуору, моһуоктаатахтарына өрөмүөннүү-өрөмүөннүү, билиҥҥэ диэри үлэлэтэ тураллар. Быйылгыттан ыстаансыйа үлэтин бүтүннүү аптамаат эрэсиимигэр киллэрбиттэр, онон сүрүн агрегаттар туруктарын хонтуруолга тутар буолбуттар. Таҥар үлэтин Екатеринбургтан “Диоксид” ХЭУо оҥорбут.

Ыстаансыйаҕа 10 исписэлиис үлэлиир. Кинилэр ортолоругар эдэрдэр элбэхтэрэ үөрдэр. Дьоҕус кэлэктииби начаалынньык эбээһинэһин толорооччунан соторутааҕыта анаммыт Гектор Харюзов диэн эдэр уол салайар. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин саҥа миниистирин Артем Александров илиититтэн аппарааччык Александр Синцов “СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэни, массыныыстар Иван Юшкевич, Спартак Чичигинаров, аппарааччык Антон Спиридонов уонна Гектор Харюзов махтал-хайҕал суруктары туттулар.

Иккис эбийиэк – тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн сиэмэтин уонна эмбрионун судаарыстыбаннай баана. Бу ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар тутуллубут таас дьиэ саҥалыы сөргүтүллэригэр, эмиэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэн, быйыл ыам ыйыттан саҕалаан 17 мөл. солкуобайдаах үлэ ыытыллыбыт. Эбийиэк ынах сүөһүттэн төрөлкөй төрүөҕү уонна үрдүк бородууксуйаны ылыыны тупсарар, ону тэҥэ Саха сиригэр баар боруодалар удьуордарын харыстыыр инниттэн аныгы ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэрдии оҥоһуллубутун исписэлиистэр билиһиннэрдилэр.

Бааҥҥа билигин барыта 260 тыһ. сиэмэ өлүүтэ, ол иһигэр 76 тыһыынчата саха сүөһүтүн киэнэ, харайыллан сытар. “Сахаагроплем” СБТ сыл аайы 60-80 тыһ. сиэмэ өлүүтүн өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар тарҕатар. Тэрилтэ 20 улууска хаһаайыннааһын киэбиттэн тутулуга суох, искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ “олорор” хаһаайыстыбалары барыларын хааччыйар. Билигин манна үс боруодаттан (симментал, холмогор, саха сүөһүтэ) талыллыбыт 20 атыыр оҕуһу “үлэлэтэн”, сиэмэлэрин ылан хаһааналлар.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит, билигин Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин салайар Александр Атласов саҥардыллыбыт эбийиэги арыйар үөрүүлээх түгэҥҥэ “өрөспүүбүлүкэ соҕотох бөдөҥ племтэрилтэтин базатын бөҕөргөтөргө Ил Дархан өйөбүлүнэн 2020 сылтан саҕалаан былааннаах үлэ ыытыллан кэлбитин” тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

“Племенной үлэҕэ сыһыаннаах уонна ынах сүөһүнү иитиини үрдүк таһымҥа таһаарар суолталаах икки эбийиэк тэҥинэн үлэҕэ киллэриллибиттэрэ Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар үөһэттэн күүстээх болҕомто уурулларын көрдөрөр”, – диэтэ Александр Павлович.

Азот-кислород ыстаансыйатыгар нуучча аҕабыыта уонна Сиэмэ бааныгар саха алгысчыта алҕаабыт сиэрдэригэр-туомнарыгар сылдьыбыт ыалдьыттарбыт – дойду тыатын хаһаайыстыбатын институттарын, кииннэрин учуонайдара уонна Амуртан, Приморьеттан, Забайкальеттан, Бүрээтийэттэн кэлбит племенной тэрилтэлэр салайааччылара, исписэлиистэрэ племенной үлэ курдук сүөһү иитиитин төрүттээтэр төрдүн өрөспүүбүлүкэ салалтата, бырабыыталыстыбата өйүүллэриттэн сөҕөллөрүн-махтайалларын аһаҕастык билиннилэр. Быстахтык ыллахха, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, “Тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн удьуордарын пуондата” национальнай ассоциация генеральнай дириэктэрэ Елена Колдаева “Сахаагроплем” СБТ ассоциация биир саамай көхтөөх тэрийээччитэ буоларын бэлиэтээн туран:

“Атын эрэгийиэннэргэ олохтоох боруода сүөһүлэргэ интэриэс сүтэн эрэр. Оттон эһиэхэ төттөрүтүн үөһэттэн өйөбүллээх буолаҥҥыт кэлиҥҥи сылларга хамсааһыны таһаардыгыт. Мин Саха сиригэр сылдьыахпын уруккуттан баҕарар этим. Илэ көрөммүн-истэммин итэҕэйдим”, – диэтэ.

Василий Никифоров

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин пресс-сулууспата

(Анна Сергучева) хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА