ОДьКХ уонна энергитикэ эбийиэктэрэ кыстыкка 100% бэлэм буоллулар. Туһааннаах миниистир Вячеслав Емельянов бырабыыталыстыба мунньаҕар эттэ, суруйар СИА.
Вячеслав Емельянов эппитинэн, оттук сезона бары 36 муниципальнай тэриллиигэ саҕаланна. 1165 хочуолунай үлэҕэ 100% бэлэм. 36 038 олорор дьиэ пуондата итиигэ холбонно, 575 балыыһа уонна 650 үөрэх тэрилтэтэ эмиэ 100% сылыйдылар. 609 баар оҕо саадыттан, «Родничок» дьыссаат систиэмэтигэр капитальнай өрөмүөн бара турарынан итиигэ холбоно илик, атыттар бары үлэлииллэр.
«Былааннаммыт 514 тыһ туонна оттугу тириэрдииттэн, 91% туолла. Алтынньыга диэри хаалбыт үлэ түмүктэниэҕэ», — диэтэ миниистир.
Бэлэмнэрин тустарынан пааспары 773 хочуолунай ылла. Вячеслав Емельянов бэлиэтээбитинэн, Ростехнадзор бирикээһинэн, бары тэрилтэлэр сэтинньи 5 күнүгэр диэри пааспардарын ылыахтаахтар. Улуус баһылыктарыгар сорудах тириэрдилиннэ.