Саха сирэ кыстыкка үктэннэ, оттук саҕаланна, олорор дьиэлэр, тэрилтэлэр сылыйдылар. Итиини, электроэнергияны биэрэр уонна инженернай инфраструктура эбийиэктэрин үлэлэрэ 99 % бэлэм. Ол туһунан ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельянов эттэ диэн, пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
«Кыстыкка бэлэм 99 %. Тымныыга саахалы туоратыыга ылыллар дьаһалларга үөрэниини кытта сибээстээх тэрээһиннэр эрэ хааллылар», — диэтэ миниистир.
Вячеслав Емельянов эппитинэн, социальнай эбийиэктэр уонна олорор дьиэ пуондата муниципальнай тэриллиилэргэ бэлэмнэрэ 99 %. Навигациянан оттугу тиэйии-таһыы 427 тыһ. туонна (85%).
Дьиэҕитигэр итиини биэриигэ сэмэ этиилээх буоллаххытына управляющай тэрилтэҕитигэр, ЕДДС-ка биллэриҥ дииллэр. Этиигит болҕомтоҕо ылылыбат түгэнигэр СӨ тутууга уонна дьиэни кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай управлениеҕа биллэриҥ диэн суруйдулар.