23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр "омикрон" штамма бэлиэтэннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салалтатын идэлээх  үлэһиттэрэ «омикрон» коронавирус штаммынан сутуллууну Саха сиригэр бастакытын бэлиэтээтилэр. Бу туһунан чэппиэргэ вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

«Омикрон» штаммын уоппускатыгар тас дойдуттан сынньанан кэлбит киһиэхэ буллулар. Дьаҥҥа хаптарбыт олохтоох дьахтар хамсык ыарыыттан быһыыны ыла илигэ биллэр. Ыарыыга хаптарбыт киһи кими кытары алтыспытын тута быһаардылар, хантаактаах дьон бары харантыыҥҥа олорорго ыйыы-кэрдии ыллылар. Саҥа штаммынан ыалдьыбыттарга туһунан обсерватор тэрийдилэр, стационарга миэстэ таһааран биэрдилэр«, — диэтэ Ольга Балабкина.

Медиктэр хантаактаспыт дьонтон анаалыстары хомуйан саҕалаатылар. Суһал штаб Айсен Николаев салалтатынан үлэлиир.

Эрдэ Уһук Илин уокурукка бастакынан «омикрон» коронавирус штаммын Амур уобалаһыгар бэлиэтээбиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА