Саха сиригэр сэтинньи 25 күнүгэр саҕаламмыт Олоҥхо декадата түмүктэннэ. Барыта 80 тэрээһин араас былаһааккаларга ыытыллынна, хас да уонунан тыһыынча киһи хабылынна. Түмүккэ Олоҥхо тыйаатыра испэктээк көрдөрдө.
«Оройуоттарга култуура управлениелара, култуура уонна олоҥхо дьиэлэрэ, олоҥхо Ассоциацията элбэх киһини хабар тэрээһиннэри ыыттылар. Тыйаатыр куруһуоктарыгар дьарыктанар оҕолор, тыйаатыр үлэһиттэрэ, педагогтар кыттыылаах испэктээктэр туруорулуннулар. Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕар буоллулар, бу олус үөрүүлээх. Саха героическай эпоһа систиэмэлээх судаарыстыбаннай өйөбүлү ылар, олоҥхо инстиута, олоҥхо тыйаатыра, олоҥхо дьиэлэрэ тэрилиннилэр, олоҥхо күнэ биллэрилиннэ. Олоҥхо – ыччакка духуобунай саҕалааһыны биэрэр төрүөт», – диэтэ култуура миниистирэ Афанасий Ноев.
Быйыл Саха сиригэр олоҥхо Ассоциацията тэриллибитэ 25 сыла бэлиэтэннэ. Эһиил олоҥхо ЮНЕСКО-нан аан дойду шедеврын быһыытынан билиниллибитэ 20 сылын туолар.