Москваҕа буолбут «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа Саха сириттэн көхтөөхтүк кытыннылар. 28 кыһыл көмүс, 8 үрүҥ көмүс уонна 7 боруонса мэтээли ыллылар, диэн регион тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Көмүс күһүн» Бүтүн Россиятааҕы быыстапка-дьаарбаҥка Россия тыатын хаһаайыстыбатын эйгэтигэр бастыҥ үлэлээхтэри бэлиэтиир. Үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарыы, бу салааҕа саҥа ньымалары киллэрии сыаналанар.
Муҥутуур рекорду «Полюс холода» ТХПК оҥордо — 13 мэтээллээх. Кооператив 11 кыһыл көмүс мэтээли ылла — «Верхоянка» убаһа этиттэн ыыһаммыт аҥардаах халбаһыта; «Буут этэ» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; «Ойоҕос» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; ыга баттаммыт буспут убаһа этэ; «Мугудайская» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; «Дыган» убаһа этиттэн оҥоһуллубут бородууксуйа; ыыһаммыт-буспут таба этэ; «Тундра» буспут ыга баттатыллыбыт таба этэ; «Полярная» ыыһаммыт аҥардаах таба этиттэн халбаһы; «Деликатес олений к пиву» таба этиттэн бэлэмнэммит ас уонна 82,5%-наах ынах арыыта. Икки боруонса мэтээллээхтэр: «Харысхал» кымыс уонна сыата суох «Быырпах».
«Чурапчы» ТХПК 6 мэтээллээх: 5 кыһыл көмүс — отон сироба; «Рулет» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; «Филей» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; «Буут этэ» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ; «Ойоҕос» ыыһаммыт-буспут убаһа этэ, «Любительское» 80,5%-наах ынах арыыта.
«Амма» ТХПК икки кыһыл көмүс мэтээллээх — 45% сыалаах «Амгинский» сыр уонна 82,5%-наах ынах арыыта. «Хаҥалас-Ас» ТХПК икки мэтээллээх: хонуу луугун астаан таһаарыытыгар «кыһыл көмүстээх» уонна оҕурсу кэнсиэрбэлээһиҥҥэ «боруонсалаах».
Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката сымыыттарыгар биир кыһыл көмүс уонна биир үрүҥ көмүс мэтээллэрдээх.
Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылары кытта наука үлэһиттэрэ, агро-хайысхалаах оскуолалар эмиэ бэйэлэрин тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар инновациялары киллэриилэригэр мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Сүөһүнү иитиигэ бастыҥнар уонна да атыттар бэлиэтэннилэр.