«Модернизация первичного звена здравоохранения Якутии на 2021-2025 годы» регионнааҕы бырагырааманан 2022 сылга түргэнник тутуллар быраас амбулаторияларынан уонна фельдшерскай здравпууннарынан өрөспүүбүлүкэ 19 нэһилиэнньэлээх пуунун хааччыйыахтара, суруйар Объясняем.Республика Саха.
Билигин Муома Сааһыырыгар быраас амбулаторията, Усуйаана Хайырыгар ФАП уонна Эбээн Бытантай Кустууругар быраас амбулаторията тутуллаллар.
Түөрт эбийиэккэ Аллайыаха Чкаловыгар ФАП, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар ФАП, Үөһээ Халыма Нелемнайыгар быраас амбулаториятыгар уонна Өлүөхүмэ Абаҕатыгар быраас амбулаториятыгар таҥыы үлэлэр ыытыллаллар.
Быраас амбулаторияларын модульнай конструкциялара өссө биэс сиргэ тиийдилэр — Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар, Уус Алдан Уһун Күөлүгэр, Дьааҥы Сайдыытыгар, Усуйаана Уус-Куйгатыгар уонна ФАП модуллара Уус Майа Белькачитыгар. Таҥыы үлэтэ 2022 сыл бүтүөр диэри ыытыллара былааннанар.