Бэһис үбүлүөйдээх Кыайыы дьыктаана Саха сиригэр бары улуустарга буолла. Барыта 739 былаһаакка үлэлээтэ, былырыын бу сыыппара — 725 тэҥ. Быйылгы дьыктаан суруйуута Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сөп түбэстэ. Онон өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэр пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруох иннинэ аһаҕас уруоктар уонна дьыктаан суруйуута тэрилиннэ.
Быйыл патриотическай аахсыйаҕа кыттыыга бары орто оскуолалар баҕаларын биллэрдилэр. Кинилэри сэргэ техникумнар, үрдүк үөрэх кыһалара бааллар. Кыайыы дьыктаанын сабыылаах былаһааккаларга суруйдулар, быйыл 44 үлэлээтэ.
«Историческая память» баартыйа бырайыагын сүрүннээччитэ Елена Голомарева эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ үс сыл устата Уһук Илиҥҥи федеральнайдааҕы уокурукка кыттааччытын ахсаанынан бастакы миэстэҕэ турар. Быйыл да түмүк үчүгэй буоларын күүтэр.
«Биир ньыгыл Россия» баартыйа регионнааҕы толорор кэмитиэтин салайааччыта Руслан Платонов эппитинэн, Кыайыы дьыктаанын ыытыы историяны уларыта тута сатааһыны төрдүттэн утарар сыаллаах ыытыллар. — Биһиги историяны уларыта тута сатааһын баарын көрө-билэ сылдьабыт. Ол суох буолуохтаах. Онон эдэрдэр Кыайыы дьыктааныгар кытталлара сөптөөх, — диэтэ Платонов.