Саха сиригэр коронавируһу тарҕаппат сыалтан, кылаабынай санитарнай быраас этиитин учуоттаан, муҥутуур бэлэм эрэһиимэ от ыйын 15 күнүгэр диэри уһаата. Эрдэ ылыллыбыт хааччахтар барыта тутуһуллаллар. Ил Дархан ыйааҕа бэс ыйын 24 күнүгэр баттанна.
Ил Дархан ыйааҕынан эбии хааччахтыыр миэрэлэр ылыллаллар.
Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа уонна Горнайга «Манчаары оонньуулара» спартакиада ыытыллыылара санитарнай боротокуолларга олоҕуран барар. Докумуоннар кылаабынай санитарнай бырааһы, тэрээһиннэр тэрийэр кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин сөбүлэҥнэрин, бигэргэтиилэрин ааһаллар.
Боротокуоллар нэһилиэнньэ коронавирус дьаҥыгар хаптарбатын, харысхаллаах буоларын туһугар ылыллаллар. Докумуоннарга олоҕуран, тэрээһиннэргэ кыттааччылар бары вакциналаммыт буолуохтаахтар. Култуурнай-маассабай эбийиэктэр көрөөччүнэн туолуулара аҥарын аһара барыа суохтаахтар.
Мааска кэтиитэ уонна социальнай тэйиччи туттуу хайаан да баар буолуохтаах.