Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна 73,02 сылга тэҥнэстэ. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр эбиллибит.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин дойду үрдүнэн киһи олоҕун уһатар усулуобуйаны оҥорон, 2030 сылга 78 сааска тэҥнэһэрин ситиһэргэ сорук туруорбута. Бу сыл ыам ыйыгар кини Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ демографическай бэлиитикэҕэ ситиһиилэрин бэлиэтээбитэ.
Статистика федеральнай сулууспатын дааннайынан, Саха сиригэр 2022 сылга киһи олоҕун уһуна 72,7 сыл этэ. Бу көрдөрүү эбиллиитэ доруобуйаны бөҕөргтөргө, чөл олоҕу тарҕатарга туһуламмыт бырагыраамалары киллэрии, мэдиссиинэ эбийиэктэрин тутуу, о.д.а. ньымаларынан ситиһилиннэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Вместе к активному долголетию 55+» бырагыраама үлэлээн, 20 тыһыынчаттан тахса киһи хабыллыбыта. Сааһырбыт дьон көхтөөх, доруобай буолалларыгар туһуламмыт бырагыраамалар эмиэ олус көдьүүстээхтэр.
Ону тэҥэ, «Демография» национальнай бырайыак үлэлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөһүн эмиэ эьиллэр. 2023 сыл 9 ыйыгар 8360 оҕо төрөөтө. Оттон өлүү көрдөрүүтэ 8,3% намтаата. Нэһилиэнньэ эбиллиитэ 9,4% үрдээн, 1000 киһиэхэ 3,5 киһинэн эбиллии баар буолла.
Ааптар: Ангелина Васильева, «Саха сирэ» сайт