22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр кэнники сууккаҕа 84 киһи коронавируһунан ыарыйда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр кэнники сууккаҕа коронавируһунан 84 киһи ыарыйда. Бу туһунан, алтынньы 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрэр, диэн СИА кэпсиир.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 26 киһи ыалдьыбыта бигэргэннэ.

Оройуоннарынан статистика:

Абыйга – 6;

Өлүөхүмэ уонна Сунтаар улуустарыгар — биэстии;

Алдан, Үөһээ Бүлүү и Мииринэй улуустарыгар – түөртүү;

Кэбээйигэ – 3;

Аллайыаха, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Нерюнгри, Ньурба, Орто Халыма, Уус-Майа уонна Хаҥалас улуустарыгар – иккилии;

Амма, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Томпо, Уус Алдан уонна Эбээн-Бытантай – биирдии.

Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 1742 чинчийиини ыыттылар. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 611 283 тест оҥоһуллубут. Вакцинацията суох дьоҥҥо ыарыы ыараханнык ааһарын бэлиэтииллэр. Бигэ иммунитет үөскэтэргэ хос вакцинацияны ааһыахха наада.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА