«Циклон киин улуустарынан өрөспүүбүлүкэ соҕуруу-илин өттүгэр туһаайар. Тымныы сымныыр, кыра хаардаах. Тохсунньу 18 күнүгэр илиҥҥи, киин, илин эҥэр улуустарыгар температура 6-11 кыраадыс намтыаҕа. Өрөбүлгэ, уочараттаах циклонунан илин, соҕуруу-илин, киин улуустарга хаардаах сылаас күн-дьыл туруоҕа», — диэтэ Никитина.
Салгыы сылаас салгын атын улуустарга тарҕаныаҕа.
«Нуорматтан барыллаан 10 кыраадыс үрдүк. Олус сылаас күнү-дьылы кэлэр сэрэдэ-чэппиэр күүтэбит, соҕуруу-илин, соҕуруу оройуоттарга», — диэтэ метеоролог.