Дьокуускайга 12 устуука ИВЛ аппараата тиэллэн кэллэ. Салгыы Алдан, Ленскэй, Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма оройуоттарыгар ыытыллыахтара, СИА иһитиннэрэр.
«Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ медицинскай тэриллэри ылыыга былааннаахтык үлэлиир. Коронавирус дьаҥын эмтииргэ туттуллар ИВЛ-лар, ол иһигэр, эмиэ сакаастанан ылылыннылар. Үбүлээһинэ — Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна муниципальнай бюджеттарыттан уонна дьонтон киирбит көмөнөн, итиэннэ РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан промышленность уонна атыы министиэристэбитинэн оҥоһулунна. Оборудованиелары миэстэтигэр тириэрдии бастакы түһүмэҕэ туолла», — СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Дмитрий Муксунов кэпсээтэ.
Кини эппитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ барыта 81 устуука аппарааты аҕалыыга хантыраак түһэрсиллибит.