Саха сиригэр Иенгра уонна Хайыр сэлиэнньэлэригэр олорор дьиэлэр умайдылар

ЫБММ өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа үс баһаар тахсыбытын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, Нерюнгри уонна Усуйаана оройуоннарыгар олорор дьиэлэр умайбыттар.

Иенгра сэлиэнньэтигэр олорор дьиэҕэ тахсыбыт баһаартан 6 киһини таһаарбыттар. Бу уот турбут биричиинэтин уматыы буолуон сөп диэн уорбалыыллар.

Усуйаана Хайыр сэлиэнньэтигэр икки кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ уот туран, 105 кв. м иэннээх дьиэ бүтүннүү умайда.

СИА.

This post was published on 25.05.2018 16:14 16:14