Саха сиригэр саҥа бырайыак — коронавируснай тымныйыыны искусственнай өй көмөтүнэн кылгас кэм иһигэр компьютернай томография устуутунан билэр буоллулар. Массыына бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, 10 000 тахса снимогы оҥордо. Ол туһунан инновация миниистирэ Анатолий Семенов соцситимнэринэн кэпсээтэ, суруйар СИА.
«Мин олус сөбүлээбит бүтэһик бырайыагым — «SCIBERIA» хампаанньа кейса буолар. Кинилэр искусственнай өй көмөтүнэн, компьютернай томография устуутугар олоҕуран коронавирус ыарыыны билэр бырагырааманы оҥорон таһаардылар. 10 тыһыынчаттан тахса снимок оҥоһулунна. КТ-га наһаа улахан ноҕурууска, ол иһин быраастар ыарыы ханнык турукка сылдьарын билэллэригэр уустуктар үөскүүллэр. Оттон бу массыына ыарыыны 95% билэр, онон диагноһы сөпкө туруорар, радиологтар үлэлэригэр чэпчэтии оҥоһуллар. Маннык бырайыак Москваҕа уонна Саха сиригэр эрэ баар», — диэтэ Анатолий Семенов.
Министр эппитинэн, «Якутия»технопааркаҕа элбэх инновационнай бырайыак баар, үксүгэр сырдатыллыбака хаалаллар. Холобур, JRI дьиэ иһин эрэ буолбакка, массыыналар, оптуобустар истэрин эмиэ ыраастыыр кыахтаах.