Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 178 киһи коронавирустаабыта бэлиэтэннэ. Ол иһигэр Дьокуускайга – 159, суһал штаб иһитиннэрдэ.
Оройуоннарга:
Хаҥалас – 3;
Алдан, Орто Халыма – иккилии;
Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Сунтаар, Уус Майа, Усуйаана — биирдии.
Сууккаҕа ыарыы 89,3% Дьокуускайга регистрацияланна, оройуоттарга – 10,7%. Стационардарга эмтэниини ыарыһах 9,4%, амбулаторияларга – 90,6% ааһар. 69 киһи үтүөрдэ.
Ыарыыны ыараханнык ылыммыт дьон вакциналамматахтара билиннэ.
Ревакцинацияны 192 107 киһи ааста. Ревакцинацияны Анаабырга, Мэҥэ Хаҥаласка, Орто Халымаҕа уонна Дьокуускайга мөлтөхтүк ааһаллар. Иммунитет бөҕөргөтүүгэ вакцина ылар ордугун медицина сүбэлиир.