22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр чэпчэтиилээх ипотеканан 8,7 тыһыынча эдэр ыал туһаныан сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 2%-наах ипотеканан туһаныыга усулуобуйа ирдэбиллэригэр эппиэттиир уонна чахчы туһаныан сөптөөх 8,7 тыһ. эдэр ыал баар, диэн Айсен Николаев ТАСС-ка эттэ.


«Эдэр ыаллар испииһэктэригэр, сыыспат буолахпына, билигин 8746 ыал турар. Онон, биллэн турар, президент бу хайысхаҕа сорудаҕын өрө көтөҕүллэн ылыннылар уонна Россия бырабыыталыстыбата хаһан быһаарыы ыларын күүтэллэр», — диэтэ Айсен Николаев.

Тутуу министиэристибэтигэр билигин олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыныахтарын сөптөөх ыал испииһэгэ баарын, онно этиллибит сыыппара түмүктээх буолбатаҕын эттилэр. «Үлэ тохтоло суох ыытыллар. Дьон араас бырагыраамаҕа киирсэр. Онон бу этиллэр сыыппара улаатыан сөп», — диэн биэдэмистибэҕэ эттилэр.

Санатар эбит буоллахха, Владимир Путин РФ бырабыыталыстыбатыгар ахсынньы 15 күнүгэр диэри Уһук Илин олорор эдэр ыаллар ипотекаларын бырыһыанын 2%-ҥа диэри кыччаталларыгар сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэллэрин соруйбута.

Чэпчэтии «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраамаҕа киирбиттэргэ эмиэ көрүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА