21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Саха сиригэр быыбары аныыр тэрээһиннэр түмүктэннилэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Куоластааһын биир кэлим күнүгэр Халыма-Индигиир оройуоннарын олохтоохторо норуот дьокутаатын талыахтара. Ону таһынан бу күн 77 муниципальнай таһымнаах быыбардыыр хампаанньалара ыытыллыахтара.

Бу туһунан Саха сиринээҕи Киин быыбардыыра хамыыһыйата иһитиннэрэр. Ол курдук, балаҕан ыйыгар Аллайыаха, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ оройуоннарын уонна «Жатай» куорат уокуругун олохтоохторо оройуон баһылыгын талыахтара, суруйар Саха сирэ саайт.

Маны таһынан бу күн Аллайыаха, Өлүөхүмэ оройуоннарын уонна «Жатай» куорат уокуругун бэрэстэбиитэллээх уорганнарын быыбара ыытыллыаҕа. 35 куорат уонна тыа сирин нэһилиэктэригэр Сунтаар, Уус Маайа, Орто Халыма, Чурапчы, Уус Алдан баһылыктарын быыбардара буолуохтара. Ону сэргэ Абый оройуонун Белай Гора бөһүөлэгэр, Уус Маайа улууһун Уус Маайа нэһилиэгэр, Хаҥалас улууһун Сиинэ нэһилиэгэр уонна Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын быыбара ыытыллара күүтүллэр.

Куоластааһын биир кэлим күнүгэр бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын 159 мандаата, ол иһигэр оройуон таһымыгар 53 мандаат, нэһилиэккэ 106 мандаат быһаарыллыахтара. Быыбарга 22 территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа уонна 185 учаастактааҕы хамыыһыйа чилиэннэрэ үлэлиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА