22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр бюджет үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ 1 млрд солк. тахсаны көрдүлэр

12:51, 27 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бюджетыгар социальнай эйгэ үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ 1,168 млрд солк көрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ салалтата маннык өйөбүл социальнай өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланарын эттэ, диэн иһитиннэрэр СИА. 


«Биһиги бюджет эйгэтин үлэһиттэригэр сыһыаннаах дойду президенин сорудахтарын толорууга үлэлиибит, 2019 сылга 1,168 млрд солк көрдүбүт», — диэн балаҕан ыйын 26 күнүгэр регион премьер-министра Владимир Солодов эттэ.

Миниистирдэр кабинеттарын баһылыга бюджет үлэһиттэрин сарбыйыы бу сыал буолбатаҕын тоһоҕолоон биэрдэ. Республикаҕа социальнай тэрилтэлэри сөптөөх үлэһиттэринэн толоруу барар. Ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, быраас ахсаана 162-нэн эбилиннэ, орто медицинскэй персонал — 291. Маннык хабаан оскуолаларга уонна оҕо саадтарыгар баар.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ «хас биирдии солкуобай толору туһалыахтаах, оттон штат дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыахтаах» диэн бэлиэтээн эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА