Саха сиригэр тэриллибит «Тундра» саҥа авиахампаанньа иккис кыбаарталтан рейстары оҥорон барыаҕа. Хампаанньа санитарнай рейстары уонна ойуурга авиамониторинг ыытыаҕа, суруйар СИА.
«Авиахампаанньа юридическай сирэй быһыытынан суруллар. Билигин сертификация ааһар. Бастакы көтүүлэрэ бу сыл иккис кыбаарталыттан саҕаланаллар. Авиахампаанньа санавиацияҕа уонна ойууру үөһэттэн кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай сакааһы оҥоруоҕа», — тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эттэ.
Эрдэ суруллубутунан, 2022 сыл сэтинньитигэр «Тундра» АХ хос тэрийээччилэрин ахсааныгар «Полярные авиалинии» авиахампаанньа киирбитэ. Сүрүн көтөр аалынан Ан-2 буолар.