Бу нэдиэлэҕэ Саха сирин киин өттүгэр салгын температуратын нуорматтан үрдүгү борогунуостууллар. Бээтинсэҕэ сорох сиринэн 30 кыраадыстаах итии буолуоҕа. ЯСИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС салайааччытын солбуйааччы — Гидрометкиин начальнига Татьяна Маршалик кэпсээтэ.
«Бу нэдиэлэҕэ киин улуустарга халлаан туруга сылаас буолуоҕа, улахан сөҥүүтэ суох. Хас күн аайы кыраадыс эбиллэн иһиэҕэ. Ыам ыйын 31 күнүгэр сорох сиринэн 30 кыраадыстаах итии түһүөҕэ. Бу кэмнээҕи нуорматтан ити көрдөрүү үрдүк. Өрөспүүбүлүкэҕэ блоктуур антициклон баар, арҕаа өттүгэр 30-кыраадыс бэлиэтэннэ», — диэтэ кини.
Эксперт этэринэн, соҕуруулуу-арҕаа регионтан киирэр сылаас салгын Монголияттан кэлэн, Саха сирин үгүс өттүн хабыаҕа. «Сылаас салгын киин уонна арҕаа эрэ улуустары хаппакка, хотугу оройуоттары эмиэ таарыйыаҕа, Булуҥҥа тиийэ, оннооҕор Новосибирскай арыыларыгар кытта тиийиэҕэ. Хотугулуу-арҕаа, ол эбэтэр Өлөөн уонна Мииринэй оройуоттара эрэ хабыллыахтара суоҕа. Бэс ыйын 1 — 2 күннэригэр киин оройуоннарга температура 5-7 кыраадыс түһүөҕэ. Былыттаах, кыра ардах түһэрэ күүтүллэр», — диэтэ Маршалик.