Саха сиригэр потребительскай ырыынакка балаһыанньа чөлүгэр түһэн эрэр. Бу урбааны өйүүр дьаһаллар көмөлөрүнэн ситиһилиннэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа эфиргэ» иһитиннэрдэ, суруйар «Саха НКИХ.
«Биллэн турар, биһиги утарсааччыларбыт, араас санкциялары киллэрэннэр, транспортнай-логистическай сыаптар быстыахтара, ас-үөл, туттар табаардар түргэнник бүтэн, дьон долгуйуоҕа диэн санаабыттара буолуо. Ол эрээри кинилэр сыыстылар. Дойду бырабыыталыстыбата кэмигэр сөптөөх быһаарыылары ылыммыта, биһиги эмиэ регионнарга туһааннаах быһаарыылары ылыммыппыт. Биһиги олус тыҥааһыннаахтык үлэлиибит, тоҕо диэтэххэ, хотугу улуустарга таһаҕаһы тириэрдиини хааччыйыахтаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ сыл аҥаарыгар тиийэр сакаастар оҥоһулуннулар, сорох оройуоннарга сыл бүтүөр диэри тиийэр саппаас баар», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, үлэ итинэн эрэ түмүктэммэт.
«Билигин кулун тутарга буолбут сыана ыарааһына суох. Долгуйуу суох, дьон барытын өйдүүр. Ону таһынан аҥардас сыана бэлиитикэтин кэмитиэтигэр суһал линияҕа бүтэһик нэдиэлэҕэ 1-2 этии киирбит. Бу аата кыһалҕалар быһаарыллаллар. Биһиги салгыы барытын хонтуруоллуохпут», — диэтэ баһылык.