22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр «Большие семейные выходные» тэрээһин буолуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ыам ыйыттан саҕалаан, балаҕан ыйыгар тиийэ «Большие семейные выходные» федеральнайдааҕы бырайыак үлэлиир. Улуустарга араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара, ол туһунан Үлэ министиэристибэтэ суруйар.

«Большие семейные выходные» бырайыак дьиэ кэргэттэр сыаннастарын өрө тутар көлүөнэлэр алтыһыыларын көҕүлүүр, сааскы-сайыҥҥы кэмҥэ туһалаах сынньалаҥнары атаарар сыаллаах ыытыллар. Оҕолоох дьиэ кэргэттэр, элбэх оҕолоохтор, элбэх көлүөнэнэн олорор сис ыаллар кытталлар.

«Культурнай-маассабай, аралдьытар, үөрэтэр, туризм хайысхаларынан тэрээһиннэр буолуохтара муниципалитеттарга. Бириистэр, бэлэхтэр күүтэллэр саамай көхтөөх кыттааччылары», — диэтилэр Үлэ министиэристибэтигэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА